Өй ыламмын, нууччалыы:
– Ботуруонна аҕал! – диэтим.
Ботуруоннары ылан баран өссө ытыалаатым. Гурьянов саатын тыаһа, мин киниттэн чугаһым бэрт буолан, кулгаахпар чуугунуур.
Биһиги чаастарбыт туран сүүрэн иһэн эмиэ хаптайдылар. Ким эрэ табыллан хаһыытаата. Өстөөх пулемета ытыалыыр. Гурьянов иэдэстэрэ чоххо баттаабыт курдук, кытар гыннылар, онтон кубарыччы тартылар. Окуопатын иһиттэн ойон таҕыста, биһигиттэн уонча саһаан инники томтор баарыгар сүүрэн тиийдэ. Сөһүргэстии түстэ. Снайперскай сааттан икки-үс төгүл буруо субуруҥнаата. Ити икки ардыгар мин эмиэ сүүрэн тиийдим.
Өстөөх пулемета ах барда, биһиги чаастарбыт туран, иннилэрин диэки ыстаннылар.
Гурьянов үөрэн «Ура!» диэн хаһыытаата, онтон эмискэччи «һык» диэтэ…
Өстөөх окуопатыттан быган туран биир немец биһигини ытыалыыр. Түҥнэри ыттым.
– Гурьянов, Гурьянчик… – доҕорбор саба түһэбин. Синиэлин арыйбыппар атаҕыттан хаан ыһылынна. Атаҕын уллук уҥуоҕун булгу көтүттэрбит.
– Уута, – диэтэ. Дьолго флягабар уу баар эбит, уу биэрдим. Санитарнай пакеты таһааран атаҕын бэрэбээскилээтим.
– Ыттар… немецтэр… сиэтилэр…
Ити икки ардыгар хантан эрэ санитардар баар буоллулар. Гурьяновпын наһыылкаҕа сытыардылар.
Сирэйим үллэҥнэс, иэдэстэрим тириитэ дэлби барыах курдук буоллулар. Оо, доҕорум, үтүө да, көнө да этиҥ! Көхсүм түгэҕэр тугу эрэ ботугураатым. Гурьянов:
– Ничего… – диэтэ уонна мичээрдээбитигэр бэлиэр кубарыччы хаппыт уоһа быһа ыстанан, хаан бычыгыраата.
Наһыылканы көтөхтүлэр. Харахпыттан уу тахсан саба халыйда, аан дойдуну үрүҥ туманынан бүрүйдэ.
– Суох, суох… – өрө тыынным. Хараҕым дьэҥкэрдэ. Илиибэр, таҥаспар доҕорум хаанын көрдүм. Хаан буһуу сыта муннубар саба биэрдэ.
– Хайдах… мин тугу да эппэккэ хааллым. Гурьяновы илдьэ барбыт санитардар оҥхойго киирэн сүппүттэрэ.
Чугас соҕус снаряд түһэн эһиннэ. Дьик гына түстүм. Таҥнары тайахтанан турар саабын ылан хоруопкабын толору ботуруону симним, инним диэки ыстанным.
Өстөөх окуопаларын үрдүнэн ойуоккалаан, дьоммун ситтим. Илиилэрин өрө көтөхпөккө, бэринэртэн аккаастаммыт немецтэри кытта биһиги дьоммут ыстыыктаһа сылдьаллар. Ыстыык ыстыыктан тэйэн «дыҥ-дыҥ» тыаһыыр, онтон киһи хабарҕатын тыаһа «хар» гынар, ким эрэ өлүгэ сууллан түһэр.
– Сити курдук, сити курдук… ыттары, немецтэри!
Биир уһун немец биһиги биир саллааппытын кытта уун-утары туран ыстыыгынан түһүөлэһэллэр, хайалара да таба анньыбат.
Сүүрэн кэлэн уһун немеһи хонноҕун анныгар ыстыыгынан түстүм. Уҥуохха кыбылыннаҕа буолуо – ыстыыкпын нэһиилэ араардым.
– Өссө кими анньыахха, ханна баалларый немецтэр?
Немец ордубут саллааттара, офицердара ол куотан эрэллэр.
Сөһүргэстии түстүм, снайперскай саам итийиэр дылы уончата ыттым. Немецтэр от курдук охтоллор. Биһиги дьоммут бары ытыалыыллар. Снарядтар эстэллэр. Хара буор остоолболоро үҥкүүлүүллэр.
Биһиги танкаларбыт лүһүгүрэһэн кэллилэр.
– Танкаларга тахсыҥ!
Биир танкаҕа уонча буолан ытынныбыт. Танка дьигиһис гынаат, иннин диэки сыҕарыйда. Түргэн да буолар эбит… өстөөх биир снаряда чугас түһэн эһиннэ, ким эрэ табыллан сарылаабытынан сууллан түстэ. Эмиэ снаряд түһэн эһиннэ. Буор хара күдэни быыһынан аастыбыт.
Эмискэччи хабыс-хараҥа буолла, сир, халлаан түөрүллэргэ дылы гынна.
…Биирдэ өйдөнөн кэлбитим хабыс-хараҥа. Мөҕүстүм, миигин баттаабыт буору-сыыһы тоҕо илгиһинним. Тыынарбар салгын тиийбэт, кулгаахтарым «чуҥ» курдуктар.
Тыыным хаайтарар. Икки-үс төгүл хаһыытаатым, хаһыым тахсыбат, эбэтэр кулгааҕым истибэт.
Илиилэрбин көрбүтүм – бүтүттэр. Атахтарбын туппахтаатым – эмиэ бүтүттэр.
– Тыый, тоҕо сыттамый?
Дьону тиэйбит биһиги биир танкабыт ааһан истэҕинэ, ыстанан тахсаары гыннаҕым буолуо, хатаастан иһэн оҕуттум. Тыбыс-тымныы буорга сирэйбинэн хорулла түстүм. Буор тымныы салгынын эҕирийдим.
Төбөбүн өндөтөн инним диэки көрдүм. Танкалартан биһиги дьоммут сиргэ ыстаҥалаһан түһэллэр.
Ойон туран, снайперскай саабын ыллым да, ыстанным. Сүүрэбин. Сүүрэбин.
Биһиги дьоммут сыаптаан сыталлар.
– Тоҕо сытар баҕайыларай, тоҕо сүүрбэттэрий? – диэн санаатым, кинилэри үрдүлэринэн ыстанан истэхпинэ, ким эрэ кытаанах илиитэ саҕабыттан ылан сиргэ баттаата. Көрө түспүтүм биир старшай лейтенант тугу эрэ саҥарар. Истибэппин. Сирэйиттэн-хараҕыттан көрдөххө – кыыһырбыт. Биһиги таспытыгар сытар саллааттар саалара буруолуур. Ыталлар.
Мин эмиэ быардаан сытан иннибин көрөбүн. Талахтар быыстарынан өрүс уута ол ыраах кылабачыйан көстөр. Оол ханнык эрэ харалар күлүгүлдьүһэллэр. Мин эмиэ ытыалыыбын, саам эстэр курдук, санныбын анньар, буруолуур, оттон тыаһа иһиллибэт.
Старшай лейтенант бэстилиэтин ылан далбаатаата уонна иннин диэки ыстанна.
Саллааттар бука бары туран иннибит диэки сүүрдүбүт. Ортобутугар түһэн снаряд эһиннэ. Ким эрэ хаана иэдэһиттэн таҥнары саккыраата. Мин сүүрэбин. Сүүрэбин.
Биһигини сыаллыы-сыаллыы ытыалыы турбут немец пушкатыгар саба сырсан киирдибит. Немецтэри уолаттар «дьаһайа» охсубуттар.
Өрүс хааһын өҥөс гына түстүбүт. Өрүһү туоруур муоста сууллубут. Немецтэр курданалларыгар дылы ууга киирэн баран илиилэрин өрө уунан тураллар. Биһиги командирдарбыт далбаатаатылар. Немецтэр таҕыстылар.
Мин өрүскэ таҥнары түһэн сытан тыбыс-тымныы ууну уулуубун. Элбэҕи да истим.
Биэрэккэ таҕыстым. Саллааттар сирэйдэрэ-харахтара өрө күүрбүт, мичээрдээбит.
– Мин отделением, лейтенант ханна эбиттэрэ буолла? Гурьянов ханна эбитэй, тоҕо көстүбэтий?.. Ээ, бааһырда этэ дуу, оо, доҕорум, доҕорум…
Биир саллаакка чугаһаан:
– Дьэ, доҕор, көрүдьүөстээх күн дии? – диэтим.
Киһим истибэтэх курдук туттар.
– Доҕоор, мин нууччалыы тылынан этэбин ээ, дьэ көрүдьүөстээх күн дии?
Киһим улахан баҕайытык көрөр, уоһа ибирдиир.
Кыһыл кириэстээх суумкалаах санитар кэллэ. Миигин көрөн баран тохтоото. Миэхэ ыга кэлэн тугу эрэ этэр, мин көрдөхпүнэ ытыһын тоһуйар.
– Эйиэхэ табах наада быһыылаах, – сиэппиттэн мохуоркалаах саппыйаны санитарга уунабын…
Киһим нэлэс гынна, сиэбиттэн «блокнот» таһааран сурук суруйан миэхэ биэрдэ.
«Доҕоруом, эн контузияламмыккын, миигин батыс», – диэн суруйбут.
– Оо, ол иһин да, тыаһы истибэт, дьон эмиэ саҥабын истибэт буолбуттар эбит ээ… Сэрэйбитим.
Харахпар уот лиэнтэлэр субурус гынарга дылы гыннылар, мэй-тэй буолуталаатым. Санитары батыстым.
СТАРШИНА ШАГУРОВ
Полк санитарнай чааһыгар сытан, эмтэнэн үс хонон баран барыны бары истэр, саҥарар буоллум. Итинтэн икки хонон баран, санчаастан таһаарбыттара.
Мин хомолтом улахан:
«Снайпер Чээрин улаханнык контузияламмыт, ол иһин ньиэрбэлэрин үлэтэ бутуллубут, салҕалыыр. Онон биир ый устатыгар снайперыттан босхолоон сатыы сэриигэ биэриэххэ», – диэн түмүктээбиттэр.
Сатыы сэриигэ кэлбитим хас да хонно.
Контузияланыыбар тылбыттан матан баран, маҥнай саҥарарбар кэлэҕэйдиир этим: ол ааспыта ыраатта. Үчүгэйдик саҥарабын. Кулгаахпар ыраах тыаһыыр халанча тыаһын курдук тыас иһиллэрэ эмиэ сүппүтэ. Билигин куруускабар чэйи толору куттабын. Урут, салҕалаан тоҕон кэбиһэрбиттэн, быһаҕас кутар этим.
Николаев радиска куруук сылдьабын. Бүгүн эмиэ бу кэлэн олоробун.
– Гурьяновтан туох эмэ биллэр дуо? – диэн Николаев ыйытта.
– Суох, туох да биллибэт. Сурук кэлиэ эрдэ эбитэ дуу…
– Тэһийбэтэрбин эрэ, кими эмэ кытта акаарытык кэпсэтэн аралдьыйар идэлээх этим. Куһаҕаннык кэпсэтэн бостуой хомотоммун… Үчүгэй уол этэ, – диэн Николаев төбөтүн төҥкөтөн, ыстаанын тобугуттан ханнык эрэ сап төбөтүн булан кымыстаһа олордо.
Киһи бэйэтин урукку сыыһатын өйдөөбүт буоллаҕына, кэлэр өттүгэр итинниги иккиһин оҥорбото биллэр. Николаевы санаарҕааһынтан таһаарыахпын баҕаран:
– Саха сириттэн туох эмэ солуну иһиттиҥ дуо? – диэн ыйыттым.
– Биһигини кытта кэккэлэһэ сытар чааска баһаам элбэх сахалар бааллар. Кинилэртэн хаһы да көрсөн кэпсэттим.
– Хайа оройуоттарый, кимнээх диэннэрий? – диэн ыйыталаһан истэхпинэ старшина Шагуров кэллэ.
– Чээрин, штабка барсаҕын, биһиги үһү ыҥырбыттар, – диэтэ.