– Табаарыс лейтенант, – диэн Гурьянов телефоннаата, – сэттис ориентирга баар талахтар төрдүлэриттэн немец снайпера куруук ытыалыыр да бэйэтэ көстүбэт.
– Сөп. Бэйэҕитин биллэримэҥ. Салгыы кэтэһиҥ!
Сотору буолаат биһиги дьоммут диэки өттүттэн миинэлэр тыастара сирилэһэн үрдүбүтүнэн аастылар.
Талахтар төрүттэригэр миинэлэр эстэн күрэҥниҥи хара буору бурҕаттылар.
– Немец тоскун ыллыҥ ини…
– Баҕар…
Биһиги кэтэһэн сытабыт. Биир талах төрдүттэн, мин көрдөхпүнэ эмиэ буруо бурҕачыс гынарга дылы гынна.
– Эн көрдүҥ дуо?
– Ама, итиччэ миинэлэр түспүттэрин кэннэ оппут үһүө!
Немец снайпера соҕотох киһинэн бүтэр диигин дуо?
– Бүппэтэҕин иһин…
Киэһэ туман түстэ, эрдэ хомунан төттөрү таҕыстыбыт.
– «Булт» куһаҕан.
– «Булт» куһаҕан буолбатах, эһиги бэйэҕит куһаҕаҥҥыт, – диэтэ лейтенант, – немец снайпера миинэнэн налет оҥоруу кэнниттэн тыыннаах хаалбыт. Биһиги окуопаттан быктарбыт чуучулаларбытын тэһитэ ытыалаата.
– Табаарыс лейтенант, – диэтэ Гурьянов уонна биһиги иккиэммитин аатыттан өссө инники киирэргэ көрдөстө, – бүгүн биһиги олус үчүгэй сири бэлиэтии көрдүбүт.
Киэһэ хараҥа буолбутун кэннэ Гурьянов биһикки инники кирбиини туораатыбыт. Мин эргэ плащ-палаткаҕа солуоманы суулаан баран, сүгэн иһэбин, Гурьянов эмиэ тутуурдаах.
Сарсыарда халлаан сырдыыта биһиги бары тэриирбит барыта бэлэм. Саҥа талбыт сирбитигэр сытабыт. Биһиги сытар сирбит, немец снайпера бэҕэһээ сыппыт сириттэн, туора соҕус кырыыбалыы баар.
Кыылы бултуурга мэҥиэ быраҕар куолу. Гурьянов оҥкучах иһигэр олорон, таһыттан киирэр, санньылыйан турар проводы аргыый аҕай тарта. Бэҕэһээ биһиги сыппыт сирбититтэн киһи төбөтө быкта, киһи буолуо дуо, бөөлүүн биһиги оҥорбут чуучулабыт. Талахтар иннилэригэр сүүрбэччэ метр сиртэн буруо бурҕас гынна. Бөлкөй күөх от аллара намтаан сүтэн хаалбытын көрдүм.
Гурьянов өссө биир атын провод төбөтүн тарпытыгар били чуучула турбут сирин ойоҕоһуттан саа эһиннэ. Бөөлүүн киһитэ суох бинтиэпкэни хаалларан сомуогун туруоран баран чыыбыһыгар проводы баайбыппыт.
Көрөн сыттахпына, күөх бөлкөй от улам-улам үрдээн истэ. Гурьяновка хайыһан хаҥас харахпын быһа симним. Ити «чуучуланы тарт» диэн этэр оннугар туттуллар бэлиэ этэ.
Гурьянов проводы тарта быһыылаах, чуучула өрө күөрэйдэҕэ буолуо, күөх от бөлкөйө өрө тахсан истэ. Снайперскай саам оптическай приборунан ити бөлкөй от немец төбөтө буоларын көрө сытабын. Кыҥаан-кыҥаан баран ыттым. Бөлкөй от, били мааҥытын курдук оргууй буолбакка, эмискэччи ньимис гынна.
– Өллө. Немец өллө!
Утаакы буолбата, өстөөх диэкиттэн тыас сирилээтэ. Икки миинэ кэлэн биһиги таспытыгар тэҥҥэ эһиннилэр.
Онтон… Онтон, доҕоор, миинэлэр түс да түс, эһин да эһин буоллулар.
– Биэс, алта… уон биир, – Гурьянов уон түөрт миинэҕэ дылы ааҕан баран, эстибит миинэлэр ахсааннарын сүтэрдэ. Ол кини ахсааны уон түөртэн үөһэ билбэтиттэн буолбакка, миинэлэр олус чугастан түһүтэлээн буорунан-сыыһынан саба көммүттэриттэн буолбута.
Итинтэн ыла хас да хонук ааста.
Бүгүн Гурьянов биһикки атын сиргэ ананан дэриэбинэ сэмнэҕин хоту уһугар уон үһүс ориентирга «бултуурбутун» саҕалаатыбыт.
Итинтэн кэнники били немец снайперыттан киһи өлбүт, бааһырбыт сураҕа иһиллибэт.
– Тоҕойуом, Гурьянчик, тоойуом, Чээрин, эбии хааһы наада буолаарай? – диир буобар Бычков уонна хааһылаах иһитин хаппаҕын лабырҕатар.
ДЬИКТИ БОМБА
Кэнники күннэргэ Гурьянов биһикки «булпут» орто соҕустук барар. Гурьянов ахсааныгар 9, мин ахсааммар – 7, – барыта уон алта немец дууһатыгар турдубут.
Биһиэхэ икки күннээх сынньалаҥ биэрдилэр.
Тэһийбэккэ кэпсэтии, сэһэргэһии ыраатта.
Урут сэриигэ да киириэх иннинэ буоларын курдук, Гурьянов биһикки ону-маны омуннаан, фантазиялаан кэпсэтэрбит бу күннэргэ үксээтэ.
– Арай эн биһикки куйах кэтэн, былыргы бухатыырдар курдук тимир сүллүгэстэнэн баран немецтэри үлтү сынньар буолуох. Өстөөх танкаларын көтөҕөн ыла-ыла, бэйэ-бэйэлэригэр үлтүрүтэ быраҕаттыыр буолуох.
– Арай эн биһикки, били остуоруйаҕа этиллэр курдук, киһи кэттэҕинэ көстүбэт бэргэһэлээх буолуох.
– Көстүбэккэ кэлэн баран өстөөхтөргө уһун уочараты автоматтан биэр.
– Суох. Бэйэҥ эрэ көстүбэккин, оттон автомат көстөр.
– Оччоҕо… Оччоҕо автомакка эмиэ бэргэһэ кэтэрдиэххэ.
– Гитлер хоһугар эмискэ киир уонна «Кэндэ хох!» диэ.
– Арай эн биһикки…
Биһиги кэпсэтиибитигэр «арай», «өскөтө» диэн тыллар элбээн истилэр. Ити «өскөтө» биһигини улахан суолу оҥорорго, саҥаны айарга аҕалла.
Чахчы улаханы, чахчы саҥаны айарга!
Биһиги немецтэри «биир-биэс» диэбэккэ эрэ дьиктитик төгүрүйэн ылар ньыманы толкуйдаатыбыт. Биһиги чаастарбыт соҕотохто өстөөх кэтэҕэр баар буола түһэллэр, үлтү охсоллор – хайдах курдук кыайыыный! Биһиги чахчы үчүгэйи толкуйдаатыбыт быһыылаах.
«Катюшаны», араас сэрии сэптэрин дьон толкуйдаан таһаарбыттара. Биһиги да толкуйдаатахпыт дии. Дьэ үчүгэй.
– Биһиги саҥаны айыыбытын олоххо киллэрэр буоллулар да, биһигини Москваҕа илдьэн байыаннай инженердэри, техниктэри кытта көрсүһүннэриэхтэрэ, биһигиттэн ыйыы-кэрдии ылыахтара.
– Биһиги конструктордар буоларбыт быһыытынан научнай чертеж биэрэр соруктаахпыт.
– Итиннэ ханнык да чертеж наадата суох. Биһиэхэ судургу буолан баран туһалаах аһыы.
– Кимиэхэ этиэххэ сөбүй?
– Сержаҥҥа этэр сатаммат. Ефрейторга этэр өссө сатаммат. Эн ити туһунан кимиэхэ да этэ илик инигин? Биһиги аһыыбыт кистэлэҥ буолуохтаах. Атын киһи булбут саҥаны аһыытын атын киһи ылан бэйэтэ туһаммыта историяҕа элбэх.
– Эн маарыын сарсыарда утуйа сытан, түһээн, «бомба» да, «бомба» диэн хаһыытаабытыҥ.
– Хаһыытаабытыҥ даа?! Ол эрээри соҕотох «бомба» диэнтэн ким тугу өйдөөтөҕөй?
– Инньэ гынан кимиэхэ этэр буоллубут?
– Полк командирыгар?..
– Киниэхэ этэр куттала бэрт… солото суоҕа бэрт.
– Партбюро секретара майор Теглецовка этиэххэ, кини саллаат этиитин олус сэҥээрээччи.
– Ээ-э! Полк комсоругар лейтенант Ивановка этиэххэ. Биһиги комсомоллаах дьон буоллахпыт дии. Биһиги аһыыбыт олоххо киирдэҕинэ, комсомол бүтүннүүтүн кыайыыта буоллаҕа дии.
– Кырдьык даҕаны.
Сүбэлэһэн баран лейтенант Ивановка бардыбыт. Биһиги кэпсиэхпитин баҕарбыппыт, санаабыт өрө күүрбүтэ – лейтенант суох буоллаҕына хайдах буолуохпут буолла.
Биһиги киирбиппит лейтенант землянкатыгар баар эбит.
– Хайа, өрүөллэр кэпсээҥҥит? – дии тоһуйда.
– Өрүөллэргэ кэпсээн элбэх, тулуйан эрэ истэр буол.
Биһиги кэпсээммит лейтенант эрэ хараҕар элэҥнии турар буоларын наадатыгар саҥаны аһыыбыт олоххо киирдэҕинэ хайдах буолуохтааҕын, уустаан-ураннаан, буолбутун курдук кэпсээтибит.
– Дьэ маннык буолуохтаах:
Лейтенант Иванов комсордаах, Гурьянов, Чээрин курдук саллааттардаах Беляев полковник гвардейскай полката оборонаҕа сытар. Немецтэр инники эҥэрдэрэ чугас, 2–3 километр этэ.
Сарсыарда халлаан сырдаан эрэр. Биһиги танкаларбыт, мотомеханизированнай чаастарбыт инники эҥэргэ кэлэн талахтарга саһан тураллар. Бу сэрии түүрүллүбүт сирин иннигэр өстөөх бөҕөргөнүүтэ биэрэстэ аҥарын кэриҥэ кэтиттээх сиргэ мөлтөх фроҥҥа итинник буолааччы, эбэтэр немец «бассабыыгы манан аҕыйахтык күүтэр сирэ». Ити туһунан өссө бэҕэһээ полк ааттаах разведчига старшина Шагуров билбитэ.
Кимэн киириэх иннинэ куруук буоларын курдук, пушкалар, минометтар, «катюшалар» ытыалаан ньириһитэн, тулатынааҕыны барытын дьигиһитэн киирэн бардылар.
Артиллерия ытара мөлтүүрүн саҕана биһиги самолеттарбыт кэлэн өстөөх бөҕөргөтүнүүтүн буомбалаатылар. Немецтэр биһиги артиллериябыт «саҥардаҕына» куруук оҥорор «нүөмэрдэрин», окуопа түгэҕэр түһэн, төбөлөрүн буорга анньа сытан билэр мэлииппэлэрин барытын ааҕа сыттылар. Ити кэмҥэ, биһиги самолеттарбыт буомбалыы туралларын үгэнигэр, били маарыын бэлэмнэнэн турар чаастар иннилэрин диэки ыстаннылар, немец окуопаларын ааһан иһэн, гранаттары быраҕан буомбаларга эбиилэһэллэр. Ити курдук өстөөх кэтэҕэр буола түстүлэр да, немецтэри кэтэхтэриттэн кэрдибитинэн бардылар. Өстөөх инниттэн биһиги бэттэх хаалбыт чаастарбыт уоту астылар.