Литмир - Электронная Библиотека

Алгыс

Күлүмнүүр күндү күннээх,
дьэҥкир ыраас халлааннаах,
унаар урсун уулардаах,
күөхтүү хампа тыалардаах,
дьоллоох дьоһун дьоннордоох,
айгыр – силик бэйэлээх
албан ааттаах Орто дойдум!
Түһүлгэҕэр төннөммүн
сэргэлэргин кууһабын,
кэлбит кэми уруйдаан
ахтар – таптыыр Алахчыммар
ытык тоҕой саламаҕа
маҕан кылбын ыйыыбын!
Арыы түөлбэ алаастардаах,
сытар сылам сыһыылардаах,
сүөгэй сүүрэр сүөһүлэрдээх,
кымыс сыттаах сылгылардаах
далбар далан дойдубут.
Манна ааннаан олорор
Айыы айбыт сыччыйа,
биэбэйдээбит бэдэрэ,
Орто дойду кэрэтэ –
саха омук киһитэ.
Иэйэн – туойан киниэхэ
анаан – минээн этэбин,
арчылыырдыы алгыыбын:
аччыктыыры аһатан,
хоргуйбуту хоннорон,
хоргустууру харыстаан,
ылларбыты ыллыктаан,
ачайбыты абыраан,
кэлбиттэри кэрэлээн,
барбыттары байдамнаан,
уруулары уруйдаан,
аймахтары айхаллаан,
туруктааҕы тарҕатан,
үөлээннээҕи үөскэтэн,
сирин – уотун баһылаан
кэскиллээхтик олордун,
тускуллаахтык туругурдун!
Айгыр – силик! Уруй – мичил!

Дьөһөгөй. Төннүү

Орто туруу дойдубут
оһуор дьэрэкэй киинигэр
арҕаһыттан тэһииннээх,
көхсүттэн көнтөстөөх
айбыт айыы аймахтара,
Күн Өркөн дьонноро
бүгүн мустан тураллар.
Күнү көрсө кэлэннэр
эрэнэллэр, кэтэһэллэр,
илиилэрин өрө уунан
кэп туонар курдуктуу
истиҥнээхтик иэйээхтээн
күүрээннээхтик көрдөһөллөр.
Күлүм аллай!
Маҥхалыырым барахсан,
Күөгэллиирим көмүһүм,
Алахчыным хотунум…
Истэбин! Көрөбүн!
Сирэйиҥ сиэрдийбит,
мөссүөнүҥ мөлтөөбүт,
хараҕыҥ уута халыйбыт –
онно ахтар Дьөһөгөйүҥ
күн буолан кылбайбыт,
сах курдук сарыаллаабыт…
Кэтэһэҕин кэлэрбин…
Истэбин! Көрөбүн!
Түһэбин… төннөбүн!
Үчүгэйи баҕаран,
ньүксү нөрүөн нөргүйэн
истэр истиҥ сүрэхпиттэн
баҕараммын этэбин.
Көмүс күммүт күөрэйдэ,
күүтэр кэммит кэлээхтээтэ!
Айгыр – силик аан дойду
саһарҕаттан сырдаата,
соргулуурдуу сандаарда.
Айхаллыыбын, алгыыбын!..
Аньыы – хара араҕыстын,
кирдээх санаа кэбэлийдин,
хара хабыр халбарыйдын!
Алыас! Алыас!
Сотуллубат суоллардаах,
ыһыллыбыт ыллыктаах,
оломтолоох олохтоох
дьарылыктыыр дьылҕалаах,
туругурдуур туруктаах,
тосхоллордуур тускуллаах
сайдар саха дьонноро,
айыыларбыт оҕолоро…
Наскыл! Тускул!
Күөгэл – нусхал!
Уруй! Айхал!

Люблю

Люблю я в людях чистоту и цельность,
Когда в словах – святая простота,
В поступках, жестах – не суета, а дельность,
В глазах открытых – неба высота.
Тебя хотел бы видеть я такой –
Учтивой, милой, умной, нежной,
И в сердце верном – ангельский спокой,
Когда вокруг так много скверны.
Когда вокруг балдеж и суета,
Народ везде базарит неразумный,
Нужны мне – разум, доброта,
Мне нужен мир – прекрасный и не шумный.
Я ухожу от пьянства, бардака,
Где все обман и скучная игра,
Я убегу от жизни дурака
В мир Высшей Правды и Добра, –
В твой лучший мир, где голоса столетий
Звучат божественно, как музыка Вивальди,
Где в царстве Красоты, Гармонии на свете
Все в жертву отдают – искусства ради,
Где в штормовых морях белеют паруса,
Творений гениев рождается так много,
Где свято чтут и деда, и отца
И в храмах светлых славят в песнях Бога!
Люблю я в людях чистоту и цельность,
Когда в словах – святая простота,
В поступках, жестах – не суета, а дельность,
В глазах открытых – неба Высота!

Исповедь

Ветер, звезды, река,
крыши, окна, столбы…
дни, года и века…
я такой же как вы –
из толпы –
миллионная часть, миллиардная доля,
я – вселенская пыль,
семя Бога и воля,
птица света и тьмы,
Смерти цель я живая,
суть холодной зимы
и зеленого, теплого мая;
я как фактор и новость,
«я» – как буква и повесть;
справедливый упрек:
я всегда поперек,
иногда невозможный, возможно,
чаще «свой» для чужих,
но порою «чужак» для своих;
в браках – брак,
в дебрях быта – дурак,
в драку лез ошалело и рьяно,
и бывал я противный и пьяный,
куролесил безбожно довольно,
падал, падло, я долго и…
больно,
но однажды поднялся, –
я встал…
«только так! только так!
к черту муть и бардак!»
Фантазер по натуре, чудак,
я – начало свое и конец,
я – азартный игрок
и певец,
я – струна несмолкаемой лунной гитары,
я – журчащий, поющий ручей:
пей и лей! пей и лей!
– Нынче чей ты?
– Ничей.
Я – стрела,
золотое звенящее слово,
я – волшебник и маг,
создающий из какушки смак,
нажитое добро превращающий в тлен,
я – свобода и плен,
я – любовь,
небывалая жгучая страсть –
на фиг славу и власть!
на хрен пошлость и мразь! –
Я – поклонник ромашек и роз,
враг бездарных и скучных мимоз…
– Правда – истина где?
– В унитазах.
И сегодня зараза маразма,
раз за разом,
входит, наглая в раж,
Люди знают, не врут:
время злобы и смут подошло:
как легко убивают и мрут,
и тут
не фанатик идей я
и шут,
я – не «пряник и кнут»,
я – язычник – якут, и сегодня, сейчас
буду горше, чем соль, –
в корень сердца смотрящая боль.
– Сильный прав? Прав подлец?
Но тогда, если так,
я – мертвец,
что зарылся в земле
от кошмара живых убежав –
здесь беда и битье! –
я – дите, кто хватает бездумно
ручонками пламя,
я – усталый, познавший все страхи старик,
я – молчанье и крик,
я – сегодня – вчера…
трижды три, дважды два!
Ветер, звезды, река,
крыши, окна, столбы…
дни, года и века…
Я – мольба,
я – судьба;
наяву и во сне –
я есть всадник
на белом
крылатом коне!
Я – полет,
я – поэт,
чья стихия – стихи;
«я» есть я, но и…
и
сын тончайшей
зеленой травинки
и могучего духа Айыы!
2
{"b":"821335","o":1}